САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН

Бүгүн, төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” аахсыйаҕа кытынныбыт. Аахсыйа ыытыллыбыта номнуо онус сылын бэлиэтээтибит. Дьыктаан нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр ыытылынна, тиэкиһи саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Ивановна Афанасьева аахта. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыркымай» диэн оҕолорго кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар.

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Семенова Наталья Григорьевнаҕа, “Бастыҥ суруксут”- Алексеева Мария Александровнаҕа, “Үчүгэй суруксут”- Санникова Антонина Романовна буоллулар.

Сынньалаҥҥа “Айар” кинигэ кыһата оҥорон таһаарбыт “Кырдьык- Сымыйа” оонньуутун оонньоон, билбэтэхпитин билэн тарҕастыбыт. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.