Архыыппын арыйан көрдөххө…

Дүллүкү нэһилиэгэр бастакы ?телевизор 1975с. күһүнүгэр Уус Миитэрэйдээххэ (Өкөчөр) дьиэтигэр киирбитэ, 30м.уһуннах модьу маска хам сааллан оҥоһуллубут антеннаны элбэх дьон көмөлөөн уһун быаннан тардан, тракторынан астаран көмөлөһүннэрэн туруорбуттарын өйдүүбүн.
Ити кэмҥэ оройуон киинигэр өссө телевизор кэлэ илигэ.
Вышкалара оҥоһуллан ситэ илик быһыылааҕа.
Ол иһин Бүлүү вышкатыттан ыллараары антеннаны төһө кыалларынан уһата сатыыллара.
Иккис телевизор Афанасьев Владимир Егоровичтаахха баар буолбута. .
Ол кэннэ ыалларга күөх экран түргэнник тарҕанан элбээн барбыта.

Советскай кэмтэн ордон хаалбыт малларым.

Сэргэй Дьөгүөрэп.