Бэс ыйын 15 күнүгэр нэһилиэкпитигэр 50 сыл ынараа өттүгэр ол эбэтэр 1972 сыллаахха, Саха государственнай университетын физика уонна математика факультетын иһинэн тэриллибит “Софим” студеннар тутар этэрээттэрин байыастара ыалдьыттаатылар, командир Василий Федорович Каратаев. 1972 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр “Дүллүкү” совхоз хонтуоратын туппуттарын сылаастык ахтан, эдэр саастарын санаан автотур тэринэн кэлэн бардылар. Уопсайа 7 байыас үөрэ- көтө, ырыа доҕуһуоллаах Сунтаарга тиийэ айаннаан иһэллэр. 1972 сыллаахха оҕо сынньалаҥ лааҕырыгар баспытааталынан үлэлээбит Максимова Светлана Иннокентьевна иитиллээччилэрин көрсөн үөрүүтэ үксээтэ. Иитиллээччилэртэн Оксана Ивановна Семенова (маҥан баанчыктаах кыыс), Петр Иванович Афанасьев, Мария Григорьевна Константинова кэлэн көрүстүлэр эҕэрдэ сурук туттардылар. Лааҕырга сылдьыбыттарын ахтан-санаан бэрт сэргэх кэпсэтии буолла.







***
Үбүлүйдүү тэринэн
“Софим” тутар этэрээт
Бүтэй Бүлүү сүнньүнэн
Айан суолун туттубут
Эдэр сааһы эргитэр
Эриэккэстэй да күннэр
Биһигини күүтэллэр
Бүлүү эбэ сиригэр
Өйдүүр эбээт Дүллүкү
Эдэр сааспыт күннэрин,
Күүстээх үлэ, биир дьулуур
Көхтөөх кэрэ кэмнэрин.
Ахтан- санаан ылыахпыт:
Эрэллээхтик күөрэччи
Өрө аспыт былаахпыт
Өрөгөйгө аҕалтын
Бэтэрээннэр, түмсүөҕүҥ,
Бэлиэ күнү көрсүөҕүҥ.
Эрчимнээхтик хамсанан
Эһиэхэйдээн ылыаҕыҥ!
к 50- летию создания ССО “Софим”