БИБЛИОСУМЕРКИ- 2022

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар,Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан уонна XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Арассыыйатааҕы
«БИБЛИОСУМЕРКИ – 2022»
“ӨБҮГЭ ҮГЭҺЭ-быстыбат ситим”

Күнүс 12:00 чаастан уһуйаан иитээччитэ Любовь Ильинична Седалищева саха маанылаах аһын Саламааты хайдах буһарарга маастар- кылаас ыытта, кыттааччылар субу буспут саламааты амсайдылар бэлэх быһыытынан саламаат ырыссыаптаах буклет туттулар.

XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө биһиги нэһилиэкпит күүскэ бэлэмнэнэ сылдьабыт. Ол курдук

Эдэр суруйааччылар ХХI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын (2018) сахалыы поэзия семинарын арыйыытынан ааттаммыт, ХХII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын (2020) сахалыы поэзия семинарын бастыҥ кыттааччыта. Литература маастарыстыбатын Өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардарын (Суотту, 2019, 2021), «Москва-Владивосток» эдэр литератордар улахан онлайн сүбэ мунньахтарын (2020) кыттыылааҕа.

, Николай Денисович Неустроев аатынан литературнай премия лауреата (2020), 
Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (2022) Николай Васильевич Васильев- Харыйалаах Уола П.А.Ойуунускай суруйуутугар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан ааҕан иһитиннэрдэ. Олоҥхо истибит дьон быһыытынан олоҥхо туһунан ыйытыктарга эппиэттээһин буолла. Салҕыы хабылыкка уонна хаамыскаҕа 2 разрядтаах Дария Владимировна Афанасьева өбүгэ оонньуута балаһаҕа хабылыкка-хаамыскаҕа маастар- кылаас ыытта. Быраабылаларын сиһилии билиһиннэрдэ, бу оонньууну оонньоотоххо туохха туһалааҕын быһаарда.

Бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин IV төгүлүн ыытыллар “Кинигэ күүһэ (Сила книги)” аахсыйаҕа биһиги бэтэрээн үлэһиппит Антонина Романовна Санникова ааҕааччы быһыытынан кыттынна. Саха сиригэр Ийэ сыла биллэриллибитинэн иитэр- үөрэтэр айымньы диэн, Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл тоҕо” айымньытын талан ааҕан иһитиннэрдэ. Оҕолор бэриллибит боппуруостарга лоп- бааччы хоруйдаатылар.

Салҕыы тэрээһиммит Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар анаммыт буолан “Народные промыслы России” диэн матрешкалар, гжель, хохлома ойуулаах иһиттэр быыстапкалара турда ону тэҥэ Клара Капитоновна Афанасьева дьикти дьарыгын пасха сымыыт көрүҥнээх сувенирдары мунньарын быыстапкаҕа туруорда. Быыстапка дьон- сэргэ болҕомтотун тарта, оҕолор олус интэриэһиргээн көрдүлэр. Хохлома уруһуй хантан, хайдах саҕаламмыт историятыттан саҕалаан иһитиннэрии буолла уонна матрешкалары, иһити- хомуоһу кырааскалаан хохлома оойуу дьүһүнүн биллилэр. Нуучча норуота төрүт оонньуутун “Городки” оонньоон таһырдьа сүүрдүлэр- көттүлэр.

Түмүккэ өттүк харалаах, илии тутуурдаах тарҕастылар.

Тэрээһиммитин тэрийсибит уонна кыттыыны ылбыт дьоммутугар махтанабыт. Өрүү көхтөөх, чөл туруктаах буолуҥ! Көрсүөххэ диэри.

https://youtu.be/2ASnu99zPTE