УРАА,КАНИКУЛЫ!

Каникул кэмигэр оҕолорго МЫЫЛА ОҤОРОР МААСТАР КЫЛААС ыыттыбыт.
Любомира Альфатовна сатабыллаах туттуутунан оҕолор сөбүлүүр өҥнөрүн,сытын талан,моһуоннарын талан мыыла оҥостон астыннылар. Ону сэргэ сынньалаҥҥа “Олоҥхо алыптаах ыллыгынан” остуол оонньуута,таабырын таайсыыта оҕолорго интэриэһинэйдик ааста.Хас таайбыт таабырыннарын аайы 10 чороон,өс хоһоонун ситэриигэ 20 ынах,олоҥхо эйгэтин боппуруоһугар 30 сылгы кээмэйдээх очукуону аахсан түмүккэ Ньургун Романов Дүллүкү орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ уопсайа 90 сылгы,100 чороон,40 ынах очукуоланан кыайыылаах аатын ылла?
Оҕолор сааскы сынньалаҥнарын бэрт сэргэхтик саҕалаабыттарыттан астынан тарҕастылар.