
Дириҥник ытыктыыр, ахтар- саныыр киһим, таайым, Александров Никита Семенович- Ынта Никиитэ олоҕун илгэтин, дьарыгын, сиэрин- майгытын туһунан тугу өйдүүрбүн дьоҥҥо билиһиннэрэр баҕалаахпын толорон, бу лоскуйдары суруйабын.
Никита Семенович Александров- Ынта Никиитэ 1874 сыллаахха Дүллүкү нэһилиэгэр Сибээһик аҕатын ууһугар Ыскаадар Марыыната диэн аҥаардас дьахтартан төрөөбүт. Былыргы кылгас ыал оҕотун сиэринэн үөрэммэтэх, эһэлээх- эбэтигэр күүм- көмө буолан, мастаан- оттоон оҕо сааһын аһарбыт. Эһэтэ Ыскаадар Сэмэн кини кыратыгар хараҕа суох буолбут, онон эһэтигэр “харах” буолан, сиэтэ сылдьан бииргэ үлэлииллэр эбит. Никиитэ уончатын ааспытын кэннэ, нэһилиэгин кинээһэ сытыы- хотуу, чобуо уол диэн сыаналаан, церковной- приходской оскуолаҕа үөрэтэ бэрдэрээри гыммытын, ииппит дьоно тосту буолуммаккалар, үөрэттэрбэтэхтэр. “Ол мин үөрэммэт “дьолум”баһыйан, дьонум кинээскэ арыы, эт манньалаан, көрдөһөн хааллаттарбыттара ” диэн улаханнык курутуйаахтыыра. Иитиэх- аһатыах киһибитин былдьаан ылан, үөрэттэрэн, нуучча аармыйатын саллаата оҥостоору гыммыттарын, хата быыһаан ыллыбыт диэн, кэнэн эрэйдээхтэр ситиһиилэммит курдук санаммыттар.
Сүүрбэ сааһын туолуутугар дойдутуттан тэлэһийэн, Бодойбонон, Өлүөхүмэнэн, Якутскайынан сылдьыбыт. Бодойбо бириискэтигэр наар сахалары кытта ойуурга мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Аһыылларыттан- таҥналларыттан ордорон, харчыларын үөтэлээҕи аахсыбатахтар үһү. Дойдутуттан аймахтара, биир дойдулаах дьоно элбэх буолан сылдьыбыттар. Нууччалары кытта ханнык да атааннаһыыта суох, эйэ дэмнээхтик сылдьан үлэлииллэр эбит. “Нуучча рабочайдара чиэһинэйдик, көнөтүк сылдьар киһиэхэ олус үчүгэй дьоннор, доҕордоспут киһилэрин туора киһиэхэ атаҕастаппаттар- баттаппаттар, олус судургулар, үөрүнньэҥнэр, көрү- күлүүнү сөбүлүүллэр” диэн мэлдьи ахтар этэ.
Бүлүү умнаһын улуустарыттан ааттаах бөҕөлөр, быһыйдар, ырыаһыттар- олоҥхоһуттар, ойуумсуйааччылар элбэх буолаллар эбит. Никиитэ биир дойдулааҕа Спиридонов Мэхээлэ Буулдьа, бириискэҕэ үлэлии сылдьан, мөккүөргэ буут аҥаара кыынньырыллыбыт арыыны иһэн баран хотуолаабатах даҕаны, таһырдьа даҕаны тахсыбатах. Бэйэтэ бөдөҥ киһи эбитэ үһү, дойдутугар баайдарга үлэлииригэр аҕыс оҕуска соҕотоҕун кыдамалыыр, саха хотуурунан ат хаамыыта түргэнинэн от охсор үтүө үлэһит эбит.
Никиитэ баржаттан таһаҕас сүөккүү сылдьан, сүгэһэрдээх иһэн траптан сууллан, уҥа илиитэ тоҥоноҕунан тостон, өҕүллүбэттии оһон, илиитэ саа чыыбыһыгар кэлбэт этэ, онон хаҥас өттүнэн сааланан кустуура, тииҥниирэ. Нууччалыы барбах томоһурдатан, бииргэ сылдьар нууччаларын кытта буллу- саллы соҕустук быһаарсан, кэпсэтэн сылдьыбыт.
Сахалар үлэлии сылдьан, хараҥалара, ньүкэннэрэ баһыйан, хамнастарын мыынар, олохторун усулуобуйатын сирэр нуучча рабочайдарын забастовкатыгар кыттыбатахтар. 1912 сыллааҕы Ленатааҕы ытыалааһын, элбэх киһини өлөрбүттэрин туһунан тыаҕа үлэлии сылдьан истибиттэр. Итинник ынырык түбэлтэ кэнниттэн сахалар үксүлэрэ даҕаны Бодойботтон тэскилээбиттэр үһү.
Таайым Өлүөхүмэҕэ кэлэн Кыыллаах арыы баайдарыгар батараактаабыт. Кини ити кэмҥэ олоҥхолуурун, ыллыырын- туойарын саамай чыпчаала буола сылдьыбыт. Олохтоохтор олоҥхону сэргээн, биһирээн, киэһэ аайы ыҥыран олоҥхолотоллор эбит. Күнүс үлэлээн баран, киэһэттэн саҕалаан, түүнү быһа олоҥхолуулларын туһунан ахтара. Былыр Өлүөхүмэ түбэтэ бурдугу үүннэриини Бүлүү улуустарынааҕар эрдэ саҕалаабыт, дэлэйдик үүннэрэр буолан, олохторунтаһыма үрдүк эбит.
Оонньууну- көрү, ырыаны- тойугу олус сөбүлүүр дьонноох дойду диэн ахтара. Дьоно- сэргэтэ эйэҕэс, ыалга киирдэххинэ урут кэпсэтэллэр, чиэһинэй үлэһит киһини кэрэхсииллэр, ол иһин Кыыллаахха өр олорбутум диирэ. Оччолорго Өлүөхүмэ бурдуктаах аатыгар Бүлүү умнаһыттан элбэх киһи мустар эбит. Ол быыһыгар араас идэлээх, ырыалаах- тойуктаах, олоҥхолоох, ойууннаах дэлэй буолара.
Никиитэ бэйэтэ абааһыны- таҥараны, ойууну төрүт итэҕэйбэт этэ. Ойуун кыырарын, кырыырын- таныйарын элбэхтик истибит буолан бэркэ билэр эбит. Ойуумсуйар киһи кини олоҥхотун истэн олорорун биллэҕинэ, абааһы уола хотторбутугар абааһы ойуунун аҕалан, соруйан сүрдээх ыар чымаан кырыыһы этитэр үгэстээх эбит. Оччоҕуна олоҥхо кэнниттэн ол ойуун сэмээр манньа биэрэн туран “Өссө этэ түс, эн тылгыттан ап- хомуһун ылыахпыт” диэн көрдөһөрө үһү. Биирдэ аатырбыт кырдьаҕас ойуун, олоҥхо кырыыһын истэн олорон: “Па, биһиги баҕас тааҕы дьаабыланар эбиппит, ойууна да суох киһи алыптаах, алгыстаах тыллаах буолар эбит”, – диэн саҥа аллайбыт. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн сылыктаатахха, былыргы ойууттар улахан олоҥхоһут курдук уус- уран тыллаах, хоһоонноох буолбаттар эбит.
Убайбыт Никиитэ 1930 сыллаахха кэргэнин, оҕотун илдьэ Якутскайтан дойдутугар көһөн кэлэн, мин дьоммор биир хаһаайыстыбалаах кыттыгас буолан олорбута. Кэргэнэ Александрова Мотрена диэн Кыыллаах Арыы дьахтара эбит. Биир кыыс оҕолоохторо кыра сааһыгар Өлүөхүмэҕэ өлбүт. Ол дьахтар эдэр киһиэхэ иирэн, уол оҕотун аҕатыгар хаалларан, арахсан Якутскай диэки оройуоҥҥа барбыт. Уола ийэтин кытта барсыан баҕарбатах, улаатан баран ийэтигэр “тулаайах хаалларбыта” диэн өстүйэр этэ.

Таайым уола Александров Илья Никитич Дүллүкү сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, 1940 сылга Бүлүү куоратыгар олохсуйан, пожарнай охранаҕа үлэлии сырыттаҕына сэрии буолбут. Онно кини 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар бастакы ыҥырыыга барбыт. Маҥнай бардаҕын утаа сэрииттэн суруйар этэ, кэлин сурук кэлбэт буолбута. Ол оннугар Калининскай фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүтүн туһунан иһитиннэрии кэлбитэ.

Никиитэ кэргэнин, уолун хара өлүөр диэри аһыйбыта, кэргэнин өрүүлээх баттаҕын, Илья үөрэммит тэтэрээтин, альбомун бэркэ харыстаан, кэриэстээн, хатыырдаах дьааһыкка уура сылдьара.
Александров диэн арааспанньалаах биһиги аҕа ууһугар, ону ааһан нэһилиэккэ даҕаны суох. Ити араспаанньа үөскээбит төрдө маннык: Сибээһик аҕатын ууһун тэниппит Кыырайдыыр Өлөксөй диэн баар эбит. Кини өлөрүгэр: “Мин сытар сирбин дьоҥҥо көрдөрөөйөҕүт, ааппын хаһан да ааттатаайаҕыт” диэн кэриэһин эппит. Онон биһиги аҕа ууһугар оҕону Өлөксөй диэн ааттаабаттар. Убайбыт Никиитэ Бодойбоҕо сылдьан, хос эһэтин аатын араспаанньа оҥостуон баҕаран, Алексеев диэн суруйтарбытын Александров диэн тупсаран ыҥырар буолбуттар, онто устунан үйэтин тухары сылдьар араспаанньаҕа кубулуйбут.
Аҕабыт Дьөгүөр оҕонньор эдэригэр эмиэ Бодойбоҕо хаста да сылдьыбыт. Никиитэттэн уонча сыл аҕа киһи сэрии саҕаламмытын иккис сылыгар икки хараҕа суох буолбута, эбиитигэр икки кулгааҕынан дьүлэй буолан, үлэһит баҕайы киһи сарбыллан, хаһаайыстыбаҕа көмөтө бэрт кыра этэ. Онон олоҥхоһут убайбыт биһиги хаһаайыстыбабытын иилээн- саҕалаан дьаһайан, олох элбэх ыар сылларын этэҥҥэ ааспыппыт.
Никиитэ үөрэҕи туохтааҕар да ордук сыаналыыра. Кини үөрэҕэ суох киһи үчүгэй таҥаһы таҥныбакка, үтүө аһы аһаабакка, олох алын араҥатыгар, үлэ ыараханыгар көлүллэр диэн, үөрэҕи үйэҕэ бараммат баай, уостубат уйгу, быстыбат быйаҥ, самныбат сайдыы курдук сыаналыыра. Отутус сыллар чугастарыгар Якутскайга совпартоскуолаҕа киирэн үөрэнэригэр этэ сылдьыбыттарын бэйэтэ сөбүлэммэтэх, онтуттан кэлин кэмсинэр этэ. Эмиэ кини курдук үөрэҕэ суох Ахталба бартыһаан (Яковлев Герасим) совпартоскуолаҕа үөрэнэн, хойукка диэри райсовекка үлэлиирин улаханнык ордугургуу көрөрө, бэйэтин кэлэнэрэ, сэмэлэнэрэ.
Никиитэ көннөрү дьону кытта кэпсэттэҕинэн даҕаны, сүрдээх уус- ураннык саҥарар идэлээҕэ, дьону элбэхтик күллэртиирин истэрбит. Колхозтар тэриллиэхтэрин иннинэ мин дьонум- Федоровтар нэһилиэк кытыытыгар “Өлбүт киһи күөлэ” диэн сиргэ олорбуттар. Ону дьону ыйыттахтарына таайым:
Абааһы дойдутуттан
Аҕыс көс антах,
Сатана дойдутуттан
Сатыы көс бэттэх,
Дьолту сириттэн
Тоҕус көс туора,
Өлүү уораҕайыттан
Үс көс үөһэ
“Өлбүт киһи күөлэ” диэн
Сиргэ олоробут,
– диэн субурутара.
Сэрии иннинэ, 1937 сыллаахха мин дьонум колхоз субан сүөһүтүн көрөн, бэйэлэрин олохторугар кыстаан олорбуттар. Биир атыыр оҕус кэйиик уонна хотоҥҥо киирбэккэ ойуурга баран хонор кэмэлдьилээх дьикти сүөһү буолбут. Халлаан тымныйбытыгар ферма сэбиэдиссэйэ “Оҕуһу ытан өлөрөн баран этин- тириитин, иһин- туйаҕын олордьу колхоз ыскылаатыгар илдьэн ыйаан туттарарыгар” диэн Никиитэ аатыгар сорудах суруйан хаалларбыт. Ону Никиитэ аахтаран баран, докумуоннарын мунньар кумааһынньыгар кыбытан кэбиспит уонна сорудаҕы толорон, оҕус этин ыскылаакка туттарбыт.
Репрессия үгэннээн турар кэмэ эбит. Ханнык эрэ кыраҕы, сэргэх колхозтаах колхоз оҕуһун ытан өлөрдүлэр диэн НКВД-га үҥсүү түһэрбит. НКВД- лар таайбын уонна оҕуһу өлөрөргө сорудах биэрбит ферма сэбиэдиссэйэ Ойуунускай Алексей Егоровиһы бэрт суһаллык тутан, сэлиэстийэҕэ диэн Үөһээ Бүлүүгэ киллэрбиттэр. Сэлиэстийэҕэ Ынта Никиитэ ыппыта, Суппууннаах соспута, Аана астаабыта диэн этэн субуруппут. Ол Суппууннах Дьөгүөр- мин аҕам, Аана- ийэм.
Никиитэ ферма сэбиэдиссэйин сорудах суругун бырахпакка илдьэ сылдьыбытын следовательгэ биэрэн дьыалаҕа холбоппут уонна буруйа суоҕа дакаастанан босхоломмут. Ферма сэбиэдиссэйэ Ойуунускай А.Е. колхозка ханнык да хоромньу тахсыбатаҕын үрдүнэн, өлүөх оҕус өлбүтүгэр хаайыыга түбэспит. Үҥсээччи сыала диэн дьиҥэр, Ойуунускайы түбэһиннэрэргэ эбит. Ол саҕана тайҕанан, Өлүөхүмэнэн бырадьаагы сылдьыбыт хаартыһыт, колхоһҥ куорҕаллаары чилиэнинэн киирдэ диэн туоратааччылар бааллар эбит, ол кинилэр содулларыттан буруйа суох киһи хааллыбыт эбит. Ойуунускай А.Е. болдьоҕун толору олорон, босхолонон баран, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ баран өлөөхтөөбүт. “Норуот өстөөхтөрүн” күнүстэри тымтыгынан көрдөөһүн, оччотооҕу олох хабараан көстүүтэ этэ. “Албан аатырбыт” партия норуоту утары ыыппыт ити хара дьайдаах политиката история страницаларыгар саамай сидьиҥ, сааттаах көстүү быһыытынан сылдьыаҕа.
“Улахан ойуун баарына оччугуй ойуун кыырбат” диэн сахалар этэллэрин курдук, олоҥхоһут Александров Н.С. дойдутугар кэлэн олоҥхолуур буолуоҕуттан, чугастааҕы нэһилиэктэр кыра олоҥхоһуттара олоҥхолуур идэлэрин тохтоппуттара.
Сэрии иннинэ сайын аайы нэһилиэктэртэн олоҥхоһуттары оройуон киинигэр мунньан олоҥхолотоллор эбит. Онно бастыҥ олоҥхоһут диэн бириис биэрэллэрин туһунан таайым ахтан кэпсиирэ. Өрүс хоту эҥэригэр кини курдук аатырбыт- суолурбут олоҥхоһут баара иһиллибэт. Атын нэһилиэк олоҥхоһуттара үчүгэйдик олоҥхолууллар эрээри, этэр тылларын аһара түргэнник субурутар буолан. истэр киһи өйдөөбөккө хаалар, онон лоп бааччы тыллаах диэн миигин ордорон, бастакы бирииһи биэрэллэрэ диирэ таайым оонньор. олоҥхолууругар оллоонноон олорон, сөҥ куолаһынан чуолкайдык этэн киирэн барара. Дьигиһиҥнээбэт, куоҕаҥнаабат, мимиката суох биир сири тонолуппакка көрөн олорор буолара. Аттыгар куруускаҕа тымныы чэйи бэлэмнэтэрэ, онтуттан өр буола- буола омурдан ылара.
Таайым олоҥхолуур идэҕэ киин оройуоннар олоҥхоһуттарыттан уһуйуллубут буолуон сөп. Тайҕаҕа барарыгар оннук идэлээҕэ биллибэт эбит. Дьоннор “Итиччэ элбэх олоҥхо тылын хайдах барытын өйгөр тутаҕын, сөҕөбүт” диэтэхтэринэ, “Мин сордооххо өй кэлиэ дуо, киһиттэн эрэ акаары мин сылдьабын: олохпун оҥостубатым, сииккэ сиэлэн, хаарга хааман, кураанахха ыллаан- туойан аастым. Өллөхпүнэ ааппын ааттатар ыччатым ордубата, өтөҕүм- сэргэм да туран хаалбата, онон улахан дьоло- соргута суох дууһа олорон аастым” диирэ.
Үлэттэн эдэр дьон хаһан даҕаны сүрэҕэлдьээбэт буоларгытыгар сүбэлиибин диэн, убайбыт биһигини үөрэтэрэ. Уорар, сымыйалыыр дьону өлөрдүү абааһы көрөрө. Мин бэрпинэн сири- дойдуну кэрийэ сылдьыбатаҕым, көнө, чиэһинэй буоламмын дьоҥҥо- сэргэҕэ сирдэрбэккэ сылдьыбытым. Уорар, сымыйалыыр киһини хайа да дойдуга сөбүлээбэттэр диирэ.
Убайбыт Никиитэ бэйэтин буор салаҥмын, уһаммаппын диирэ даҕаны, кыраабылы- атырдьаҕы, хотуур- сүгэ угун олус үчүгэйдик, нарын гына оҥороро. Туттара олус бытаан эрээри син бүтэрбит буолара. Уһанар кэмигэр хоһооно биллибэт гына киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолара.
Орто уҥуохтаах, кылгас моойдоох, синньигэс сарыннаах, халыҥ агдалаах киһи этэ. Бэйэтин туһунан мин муҥнаах биэс үүтүм- хайаҕаһым биир сиргэ түмүллэн, диэн баран, сирэйин мүччүк гына туттан күллэртиирэ. Улаханнык сылайдаҕына эбэтэр ыарыйдаҕына, түүн утуйа сытан ыллыыр адьынаттааҕа. Сарсыарда туран ыллаабытын билбэт буолара.
Бииргэ сылдьан үлэлиирбитигэр көрдөрөн кэпсии- кэпсии үлэҕэ үөрэтэрэ. Сиргэ- уокка бултуу эбэтэр оттуу- мастыы сылдьан саха үгэһин, сиэрин- туомун тутуһара. Сайын оттуу сылдьан уотун уу кытыытыгар эбэтэр сииктээх сиргэ отуннарара, алҕас уот барыа диэн куруук сэрэхтээхтик туттара. Чэйдээри олорон кэмчи да буоллар, кыра өйүөтүттэн хайаан даҕаны алҕаан баран уотугар бэрсэрэ. Аогыһын тылын өйдөөбөппүн, от- мас, сир- дойду, хан- далай, хара тыа иччилэрин ахтар быһыылааҕа. Бэйэтэ абааһыны, ойууттары итэҕэйбэт эрээри, былыргы кэрэх ыйаммыт мастарын тыыттрабат этэ, “Куһаҕан аата куһаҕан, дьон тумнарын киһи тумнуохтаах, тыытыа суохтаах” диирэ. Күрүө тутарга кэрии маһын алдьаттарбат буолара, наадата суохха титириги да кэрдэри сирэрэ. Оттук мас бэлэмнии сылдьан көҥдөй тиит түбэстэҕинэ, чөҥөчөгөр хаппыт мутугу хороччу анньар үгэстээҕэ. Сир кырсын наадата суохха бааһырдары, мэнигилээн оту- маһы тоһутары, чыычаах, көтөр уйатын алдьатары кытта боборо. Бииргэ сылдьан биһигини мэлдьи олох муударастарыгар үөрэтэрэ. Үлэтигэр көтүмэхтик туттары сөбүлээбэт, куһаҕан туттуулаах киһини төрүт сирэрэ. Кини сорудаҕын куһаҕаннык толорон, оҕо сылдьан элбэхтик уордаппыт буолуохтаахпын. Кыыһырдаҕына, күргүйдээн тоҕу ыстанан баран, тутатына аһаран, буруйу оҥорон сэмэлэммэккэ сылдьыахтааҕым туһунан үөрэппитинэн барара. Олус кыраттан үөрүнньэҥ, дуона да суохтан хомойумтуо, олус уйан дууһалаах үтүө киһи этэ.
Сэрии саҕаламмытыгар олохпут таһыма эмискэ намтаабыта. Колхозтаахтар оҥорор эт, арыы, бурдук бородуукталара олорчу оборона фонугар диэн диэн государствоҕа быһа бара турара. Ону таһынан колхозтаах кэтэх сүөһүтүгэр эмиэ эт, арыы налогун төлүүрэ, колхозтаахха паспорт бэриллибэт этэ. Оччотооҕу государство салалтата тыа сирин бааһынайын хамсаппакка биир сиргэ олордон кулут гынарга олус “муударай” политиканы ыытар эбит. Паспора суох киһи атын сиргэ барара, олохсуйара кыаллыбат этэ. Сэрии саҕаланнаҕын иккис сылыгар көлүнэр аппытын байыаннай нолуокка ылбыттара. Онтон сылтаан убайбыт Никиитэ былааһы астыммат, ардыгар үөхсэр да курдук тыллаһара. Оччотооҕу олохтоох салалта, дьолго, үөрэҕэ суох хараҥа оҕонньор тылын аахайбакка хаалларар буолан, норуот өстөөҕө оҥорон сууттабатахтара.
Сэрии сылларыгар, үксүн кыһыҥҥы сезоҥҥа, түүлээхсит суох буолан, ыраах тыаҕа барара. Андаатар үөскүү илик буолан, бултара наар тииҥ, солоҥдо, кырынаас буолара. Ол бултарыгар икки- үс буолан Өлөөн, Эдьигээн кыраныыссатыгар тиийэ бултуу бараллара. Ат көлөнөн сылдьаллара, таба биһиги колхозпутугар суоҕа.
Биирдэ ыал уһугар биир кыыстаах эмээхсин олороругар хоно тиийбиттэр. Эмээхсин күтүөтэ бултуу барбыт, иккиэйэҕин олороллор эбит. Үс айан атын аһатан хоннорор отум суох диэн эмээхсин холдьохпут. Онуоха Никиитэ уот иннигэр олорон дьааһыйан баран, ойууннуу кутуран барбытыгар эмээхсин куттанан, көрдөһөн- аатаһан тохтоппут, алаадьылаан, эмис эти буһаран “ойууну” үчүгэйдик маанылаан хоннорбут, төннөллөрүгэр эмиэ хонон ааһыҥ диэн ыҥырбыт.
Биир күһүн Иванов Иннокентий, Васильев Алексей буолан үһүөн ыраах тыаҕа айаннаабыттар. Сэрии саҥа бүппүт кэмэ буолан, ас да кэмчитэ. Түүлээхситтэргэ биирдии куул эбиэс бурдугу ыһык бэрсибиттэр. Ону Никиитэ айаннаан иһэн, хонук ыалыгар этэр:
Ыытарын билбэт Ыстахаанап Өлөксөй,
Ыйыстарын билбэт Ынахсыт Эҥиэттэй,
Ыскаадар кыыһын уола
Ырыата ыраахтан иһиллибит
Ынта Никиитэ буоламмыт
Ыраах тыаҕа, ыарҕалаах сискэ
Ырай сойуус ыйааҕынан
Алта уоннуу киилэ
Апсаанай бурдук аһалыктаах,
Ат көлөлөөх айаннаан иһэбит.
Ол курдук Никиитэ тылын алыбынан хонук сирдэригэр аттарын босхо аһатан, бэйэлэрэ маанылатан хонон сылдьаллар эбит.
Тыалыыра уурайан кэлин колхозка дьаамсыктаабыт. Командировкаҕа сылдьар араас боломуочунай оччолорго олус элбэх этэ. Массыына көлөнү кинигэ ойуутугар, киинэҕэ эрэ көрөр кэммитигэр ат көлө барахсан саамай сыыдам транспорт буолара. Биирдэ оройуон прокурора Петров Михаил Дүллүкүттэн Хороҕо барар буолбут. Правление дьиэҕэ дьаамсык Никиитэни ыҥыттарбыттар. Никиитэ аттаах тиийэн кэлбитигэр, прокурор “Оҕонньор, атыҥ хайдаҕый? Айанныыр дуо, халлаан тымныы” диэбит. Онуоха Никиитэ:
Ынта диэн ыыс аатым,
Үптээх- астаах эрдэхпинэ
Александров Никита этим,
Ылсар- бэрсэр уурайбытын кэннэ,
Ыскаадар кыыһын уола
Ынта Никиитэ диэн
Ыыстыыр идэлэммиттэрэ.
Онтон эйигин,
Аат быстахха
Өһүргэммэт инигин?
Үөһээ Бүлүү
Үрдүк суута, үҥэр таҥарата,
Аҕатын ууһугар атыырынан аатырбыт
Ат айах борокуруордара
Эн буолаҕын дуо?
– диэбит. Ону истэн олорбут колхозтаахтар тэптэрэн биэрэ- биэрэ дэлби күлсүбүттэр, прокурордара харда тыла суох айаҥҥа хомуммутунан барбыт. Тугу кэпсэтэн, хайдах айаннаабыттарын билбит суох.
Сэрии ааспытын кэннэ олохпут тута көнөн барбатаҕа, хойукка диэри кырыымчык олорбуппут. Никиитэ эрэйдэннэҕинэ- кыһалыннаҕына, холуочук буоллаҕына, оҕолуу маккыраччы ытыыра. Дьонум ытыырын сирэн саҥардахтарына, эрэйбин- муҥмун аттара санаан, киһиэхэ бэриллэр дьол миигин тумнубут диэммин ытыыбын диэччи.
Ынта Никиитэ былыргы бириискэ киһитин сиэринэн улахан хаартыһыт эбит. Мин дьоммор кыттыгас хаһаайыстыбаланан олорон, колхозтар тэриллиэхтэрин иннинэ элбэхтик хаартылыыра үһү. Кэлиҥҥиннэн сүүйтэрэн, дьоммун ороскуокка тэбиэх курдугун иһин бопсоннор, хаартылыыр кыдьыгын бырахтарбыттар. Кини хаартыһыт идэтинэн ахсааны төбөтүгэр бэрт түргэнник суоттуура, ылар- биэрэр иэһин- күүһүн суруммат эрээри барытын өйдүү сылдьар буолара, кумааҕыга улахан наадатын эрэ бэлиэтэнэрэ.
Сэрии кэнниттэн оройуоҥҥа нэһилиэктэринэн самодеятельноһы көрүү конкурса ыытыллар эбит. Дүллүкүлэр “Ньургун Боотур” драманы туруоран мэлдьи бастыыллар эбит. Никиитэ онно абааһы уола Уот Уһутаакы оруолун олус үчүгэйдик толороро. Тылын нойосуус үөрэтэн эрэйдэммэт, биирдэ аахтаран иһиттэ да, иҥнигэһэ суох оруолун толорор дииллэр. Оруолун үчүгэйдик толороругар Никиитэ олоҥхоһут идэлээҕэ туһалаабыта чуолкай. Оччотооҕу колхозтаахтар көхтөрүн, актыыбынайдарын сөҕөн кэбиһэҕин. Сэрии кэннинээҕи быстыынньа олоххо хантан кырааска, матырыйаал булан оччотооҕу таһымынан үчүгэй декорация, көстүүм эҥин оҥостоллорун билигин кэлэн бэркиһиигин.
1957 сыллаахха оройуоннай фестивальга Дүллүкүлэр П.А. Ойуунускай “Кыһыл ойууну” туруоралларыгар Никиитэ кырдьан, кыаммат буолан кыайан кыттыбатаҕа.
Таайым “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхоттон атын олоҥхону кэпсиирин истибэтэҕим, сэрэйдэххэ, хаһы да билэр буолуон сөп эрээри, биири ордук чорботон мэлдьи олоҥхолуур этэ. Олоҥхону төһө баҕарар уһатыахха сөбүн дьону кытта кэпсэтэригэр истибитим. Кырдьан олорон, кырыйдахха, киһи өйө- санаата кытта мөлтүүр эбит, оннооҕор олоҥхом тылын умуннум диирэ. Кини олоҥхото суруллан архивка үйэ- саас тухары уурулла сытарын билбэт этэ, ол иһин өллүм да бүтэбин, кэннибэр кэриэм хааларым тугум да суох диэн муҥатыйара.
Убайбыт төһө да олорон кэлбит тутулунан астыммат да буоллар, ырыатыгар- тойугар наар партияны уруйдаан- айхаллаан ыллыыра. Сэрии кэнниттэн нэһилиэк бастакы ыһыаҕар алгыс тылын этиппиттэригэр, ыаҕыйаҕа кымыстаах сылдьан чэчиргэ хамыйаҕынан ыһа- ыһа алҕаабыта. Алгыһыгар партия, Күн Сталин элбэхтик ахтыллыбыттарын өйдүүбүн.
1959 сыллааҕы Дүллүкү ыһыаҕар ыт үтүлүктээх сылдьыбыт. Дьоннор дьиктиргээн ыйыттахтарына, Ыскаадар кыыһын уола Ынта Никиитэ ыһыахха ыт үтүлүктээх сылдьыбыта диэн, баҕар ким эмит ахтан аһарыаҕа диэн эппиэттээбит үһү.
Таайым Александров Никита Семенович- Ынта Никиитэ лаппа кырдьан, саха киһитин син уһун үйэтин олорон, 1960 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ.
Ахтыыны суруйда- Макар Егорович Федоров, олоҥхоһут быраата.
Атырдьах ыйын 6 күнэ, 1996 с.
Бэчээккэ тахсыбыт кинигэлэрэ сылларынан.

2000 сыл.

Александров-Ынта Никиитэ, Никита Семенович. Көр Буурай. Олоҥхо. /Ынта Никиитэ тылыттан И.Н. Григорьев суруйуута; бэчээккэ бэлэмнээтилэр В.В. Илларионов уо.да.а./
Саха боотурдара серия 13 таһаарыыта / Дьокуускай, «Бичик»,
2014.
