
Кыттыыны ылаллар: сааһыттан тутулуга суох Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторо, куоратынан, атын улууһунан тарҕанан олорор биир дойдулаахтарбыт.
Биллиилээх государственнай, политическай деятель, саха республикатын төрүттэспит, Саханы саха дэппит, Улуу киһибит, уһулуччулаах биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Барахов сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйбэт, албан аата умнуллубат.
Боппуруостар:
1. Ханна, хаһан күн сирин көрбүтэй?
2. Бастакы учууталын аата?
3. Кэргэнин, уолун ааттара?
4. Маҥнайгы араспаанньата ким диэний?
5. 1910- 1914 сс. Исидор Барахов ханна үөрэммитэй?
6. Ханнык хаһыакка эрэдээктэринэн үлэлээбитэй?
7. 1921 сыл кулун тутар ыйга сахалартан соҕотох компартия съеһигэр кыттыыны ылбыта.
Хаһыс съезд кыттыылааҕай?
8. Сымыйа буруйдааһынтан хас сыллаахха репрессияламмытай?
9. Дьокуускай куоракка хас сыллаахха Исидор Барахов памятнига туруоруллубутай?
10. 1926- 1928 сс. тугунан үлэлээбитэй? Ханна?
11. 1921- 1924 сс ханна үлэлээбитэй?
12. Дьокуускай куоракка үөрэнэ сылдьан кимниин билсибитэй?
Эппиэттэри 89644268422 нүөмэргэ WhatsApp нөҥүө бу дьыл олунньу 9 күнүгэр дылы ыытаҕыт.
Түмүк Үөһээ Бүлүү улууһа тэриллибит күнүгэр олунньу 10 чыыһылатыгар биллиэҕэ.
Кыайыылаахтары грамота сэмэй бэлэх күүтэр.
Ситиһиилэри баҕарабыт!