Ыйдыын алтыһыы.

Үрүҥ күнү солбуйа,Улам им сүтүүтэ,Сандаархай өҥүнэнСыдьаайан кэлэриҥ. Хараҥа халлааммарСоҕотох көмүс киэргэлим.Эн эрэ буолаҕын ыйым,Мин түүҥҥү доҕорум. Ардыгар хара былыттарСабардыырга дылылар.Сэдэх көстүүлээх буолаҥҥын,Күн ахсын көрсүбэт буоларбыт. Ол эрэн кэрэ түгэниМүччү туппатарбын,Эйигин атаспын,Көрсөрбүн күүтэрим… Истиэҥ буолаарай,Талаһар санаабын…Мин бу орто дойдугаХайдах олорорбун. Олох ыркый ойууругар,Өрүү аргыс буолан,Сирдээ дуу миэхэ,Сөптөөх ыллыгы туһаайан. Эн тула сулустар элбэхтэр,Эрээри соҕотохсуйаҕын…Мин тула дьон […]